1980 сыллаахха Кыайыы 35 сылыгар Модуттан терүттээх гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэригэр өлбүт буойуттарга кэриэстэбил пааматынньык бөһүөлэк ортотугар күөл үрдүгэр хордоҕойго, үйэлээх гына, тимир-бетон оҥоһуга турбута. Автор Охлопков Иван Степанович проегынан Третьяков Семен Николаевич, Охлопков М.Ф., Петров Гавриил Александрович, Сандулин Анатолий Николаевич онгорбуттара. Суруга бетоҥҥа бэйэтигэр суруллубута, ол гынан баран бетонун раствора хаачыстыбата мелтех буолан, сорох суруктара суураллан сүтэн хаалбыта. Ол иһин Кыайыы 60 сылыгар 2005 сыллаахха бу пааматынньыгы саҥардан, тупсаран оҥорбуттара. Суругун анал матырыйаалга туһунан суруйан иҥиннэрбиттэрэ. Испииһэги ситэрэн сэриигэ барбыт дьону барытын хабан уонна Модуттан, Кыһыл Талаһаттан барбыттары холбоон биир гына оҥорбуттара. Бу үлэни Чирков Степан Иванович салалтатынан Гоголев Ефим Гаврильевич, Гоголев Иван Гаврильевич сүрүн үлэтин толорбуттара.
Тумул бөһүөлэгэр турар Модуттан төрүттээх гражданскай уонна Аҕа дойду сэриилэригэр өлбүт буойуттарга кэриэстэбил пааматынньык хас бэлиэ күнүн аайы улам тупсарыллан оҥоһуллан иһэр. 2010 сыл Улуу Кыайыы 65 сылыгар пааматынньыкка нэһилиэк баһылыга Осипов В.В. көрдөһүүтүнэн Колесов Василий Кузьмич - Уус Баһылай тимиринэн пулемет уонна артиллерийскай пушка макетын үтүгүннэрэн оҥорон туруорбута. Памятник постаменыгар Улуу Кыайыы күнүгэр анаан күөх уот умайар. Нэһилиэк ветераннара ограда иһигэр кытыытынан мастары олордубуттара.
Comments