top of page
Поиск
libmodut

МАНАН КЭРЭХХЭ ПОЛИТСЫЫЛЫНАЙДАРГА ТОЙОН СЭРГЭ ТУРУУТУН ИСТОРИЯТА






Кыраайы үөрэтээччилэр Игнат Кутуков уонна Екатерина Лукинова историяны үөрэтэннэр, нэһилиэк Маҥан Кэрэх сиригэр бастакы эмчит, омугунан поляк, политсыылынай А.А.Сипович олорон ааспыта 120 сылыгар уонна кини нуучча доҕоро, Архангельскай бааһынайа, политсыылынай И.Ф.Тонышев олорбут бэлиэтигэр өйдөбүнньүк Тойон Сэргэ туруутун туруорсан үлэ барбыта. Биллэн турар, бу кэскиллээх үлэ нэһилиэк баһылыгын дьаһалынан толоруллар, баһылык Шамаев Г.Н. бу үлэ туолуутугар кэккэ ыарахаттары да көрүстэр, туолар сүнньүн тобулбута.

Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Говоров Семен Михайлович алтынныы ыйга күттүөннээх үлэни ыытан, сэргэҕэ сөптөөх маһы талан ылан, Мархаҕа олорор уус киһиэхэ аҕалтарбыта. Норуот маастара Бурцев Иван Ивановиһы - Сэргэ Уйбааны кытта иккиэн көрсөн сөбүлэҥ оҥорсубуппут. Сэргэбит төлөбүрэ балачча ботуччу этэ. Биэс нэһилиэк кыттыһан төлөһүөхпут диэбиппит да, онно үлэ ситэ барбакка буолуо, Хатыҥ - Арыы нэһилиэгин баһылыга Слепцов Ю.И. харчынан көмөлөспүтэ

Иван Иванович сэргэ оҥоһуутугар республикаҕа бастакы Норуот маастара эбит. Кини Уус-Алдан Хоротун киһитэ (14.04.1943 с.т.). Республика үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуна, сцена уонна педагогическай үлэ ветерана, үрдүк категориялаах "Педагог-мастер", улууһугар национальнай культура предметигэр "Лидер-учуутал", норуот ырыаһыта: тойуксут, ohуохайдьыт, араас тэрээһиннэргэ алгысчыт эбит. Мелодист, самодеятельнай композитор. Афганистан сэриитин инбэлиит-ветерана. Сэргэҕэ турар кэриэс сурук ис хоhоонун ааптара - Е.А.Лукинова, (бу үйэлээх табличканы анал суруйар дьону булан баһылыгы солбуйааччы Семен Говоров оҥоттордо),

онно маннык суруллубута: "Манна, Нам улууһун I Модут нэһилиэгэр 12.05.1883 - 12.05.1894 сс. политическай сыылынайдар: поляк, Харьковтааҕы университет медицинскэй факультетын студена Александр Александрович Сипович уонна биир бириэмэҕэ сууттанан кэлбит нуучча доҕоро Иван Федорович Тонышев олорон ааспыттара.

Бу тыйыс дойдуга куттара-сүрдэрэ тостубатаҕа, инники сырдык олоххо эрэл санаанан олохтоох сахаларга үгүс үгүөнү оҥорбуттара, сырдыгы сахпыттара. Улууска бастакы эмчит Сипович олорбут 11 сылларыгар Модут дьонун эрэ буолбакка, Нам улууһун бары нэһилиэктэрин, куорат олохтоохторун кэрийэ сылдьан дьону эмтээбитэ, өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Дьадаҥы сахалартан эмтээбит төлөбүрүн олох ылбатаҕа, хата, быстар дьадаҥыларга аһынан таҥаһынан көмөлөһө, күүс-көмө буола олорбута.

Махталлаах саха норуота албан аатырбыт улууска бастакы эмчити А.А.Сиповины үйэлэргэ умнубат, кэриэстиир, ытыктыыр!».

16.10.2014 c. Mаҥан Кэрэххэ сэргэни туруоруу үлэтигэр сылдьыбыттара: спорт инструктора Сокольников Н.Г. хамаанда салайааччыта, суоппар Чириков С.С., эдэр ыччат лидера Ядрихинскай Н.П., дьаһалтаҕа ИКТ оператора Макаров Дь.А. кыраайы үөрэтээччи Лукинова Е.А. сиэри-туому тутуһан сэргэ турар олоҕун 170м түһэрэн бэлэмнээбиппит.

18.10.2014 с. - улууска бастакы эмчиккэ, сахалар истиҥ доҕордоругар А.А.Сиповичка уонна бааһынай нуучча И.Ф.Тонышевка махтал бэлиэтин Тойон Сэргэ туруоруутун улахан тэрээһинэ бэрт сэргэхтик ааспыта. Ити тэрээһини киинэ үлэтин ветерана уонна архыыптары улууска үйэтитээччи В.Д.Попова киинэҕэ устан үйэтиппитэ уонна телевизорынан республика сонунугар таһаарбыта.

16 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

"Кыһыл Талаһа"

Comments


bottom of page